🔹Ытыктабыллаах Аҕа дойду Улуу сэриитин, үлэ уонна тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии кэмин оҕолоро, улууспут олохтоохторо, биир дойдулаахтарым!
🔹Улуу Кыайыы күнүнэн эһигини барыгытын Мэҥэ Хаҥалас улууһун салалтатын ааттыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
🔹Кыайыыны аҕалбыт Аҕа дойду сэриитин буойуттарын, тыыл үлэһиттэрин хорсун быһыылара, эр санаалара биһигини барыбытын сомоҕолуур, үлэҕэ-хамнаска, айарга-тутарга кынаттыыр. Уоттаах сэрииттэн тыыннаах эргиллибит, кыргыһыы хонуутугар дьоруойдуу охтубут хас биирдии саллаат, тыылга, үлэ фронугар Кыайыыны чугаһаппыт ытык дьоммут ааттара үйэлэргэ умнуллубат.
🔹Бу күн кыргыһыы толоонугар дойдутун норуотун көмүскээбит – бары ытыктыыр, киэн туттар киһибит, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС үлэ бэтэрээнэ, РСФСР спордун бэтэрээнэ Алексей Николаевич Березкин биһигини кытта тэҥҥэ Улуу Кыайыы күнүн көрсөр.
🔹Билиҥҥи сайдыылаах, уйгулаах олоххо үктэннэрбит, дьолу-соргуну бэлэхтээбит аҕа көлүөнэ дьоммутугар сүгүрүйэн тураммыт махталбытын тиэрдэбит. Аҕаларбыт, эһэлэрбит, дьоруойдарбыт хорсун быһыыларын, кинилэр үлэҕэ дьулуурдарын, дойдуга тапталларын үтүө холобурдарын тутуһан, төрөөбүт дойдубутугар салгыы чэлгийэ сайдыыны аҕалар, кэлэр көлүөнэҕэ кэскиллээх олоҕу түстүүр ытык иэстээхпит.
🔹Күндү улууспут олохтоохторо!
🔹Барыгытыгар чэгиэн-чэбдик туругу, этэҥҥэ буолууну, эйэлээх халлааны баҕарабын!
Эйэлээх, дьоллоох олоҕу бэлэхтээбит ытык дьоммут хорсун быһыылара, тулуурдара, дьулуурдара, түмсүүлээх буолуулара, кыайыылаах- үлэлэрэ, олоххо тапталлара бары көлүөнэ үлэһит дьоҥҥо, кэнчээри ыччакка үтүө холобур, инникигэ, сайдыыга сирдиир суолдьут сулус буола турдун!
🔹Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
#МэҥэХаҥалас #СахаСирэ #УлууКыайыы #АҕаДойдуУлууСэриитэ
📱
💬МАХ сыһыарыыга суруттар- https://max.ru/id1415008873_gos2